Балаҕан ыйын 13 күнүгэр "Айылгы" НАДь , күнүс 11.00 чаастан

🌿🌿🌿Күндү биир дойдулаахтарбыт!🌿🌿🌿  Балаҕан ыйын 1️⃣3️⃣ күнүгэр "Айылгы" НАДь , күнүс 11.00 чаастан ССРС культуратын туйгуна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Валентина Пинигина 80  сылын көрсө, кини сырдык аатыгар тахсыбыт кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабыт!


https://t.me/aiyllaan_cinema/1256​​​
---

ДЬИЭРЭҤКЭЙ ОҔО НАРОДНАЙ ҮҤКҮҮ АНСААМБЫЛА саҥа сезоҥҥа набор оҥорорун иһитиннэрэр!

*🌟Күндү Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо❗️Төрөппүттэрэ❗️Үҥкүүнү сэҥээрээччилэр🌟* 

  Айыллаан СК уонна *ДЬИЭРЭҤКЭЙ ОҔО НАРОДНАЙ ҮҤКҮҮ АНСААМБЫЛА 💃* Быйылгы 2024 сылга сана сезоҥҥа набор оҥорорун иһитиннэрэр🗣️🤩
Эһигини күүтэллэр⬇️⬇️⬇️
- саҥа билсиһиилэр🩰
- чөл олоҕу тутуһуу🩰
- саҥа гастроллар🩰
- элбэх конкурска кыттыы🩰
- ураты тыыннаах үҥкүүлэр🩰
   
🔷7-17 диэри саастаах оҕолорго суруйтарыы саҕаланна💃🕺

89841043897
 Аси-Куо Васильевна✍🏻


---

«САЙЫН-fest» Чурапчыга ыччат бэстибээлэ

☀️🌿Атырдьах ыйын 23 күнүгэр П.Е. Барахсанов аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар 🌟✨«САЙЫН-fest»✨🌟
ыччат бэстибээлэ буолан ааста.
🌿Араас маастар кылаастар ыытылыннылар, ол курдук: 
🎨акриловай кырааскаттан уонна пвх материалтан араас киэргэли оҥорууга маастар кылааһы *Анна Вячеславовна ыытта*, 🖼️уруһуй маастар кылааһын оҕолорго анаан *Саина Эдуардовна* ыыппыта.
👫👭👬Бэртээхэй бириистээх тэттик оонньуулар дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта. 
Киэһэ сахабыт сирин эдэрдии эрчимнээх чаҕылхай сулустарын шоу концера саҕаламыта.
🌟UMSUURA (Паша Ченянова)
🌟ANKHAROV (Аман Анхаров)
🌟INVENT_FNL (Василий Кузьмин)
Ыытааччылар:
💃🏻UYGUUUSHA (Уйгулаана Николаева)
🕺🏻PANCHIK (Алексей Пономарев)
✨🌟Онтон киэһэ аһаҕас халлаан анныгар «SHOW_DISСOOO» сайыммыт бүтэһик күннэрин бииргэ атаарбыппыт.

И.И. Кандинскай аатынан «Айыллаан» култуура киинэ.





Улуустааҕы дьахтар сүбэтин салайааччыта Варвара Будикина уонна Екатерина Бурнашева салайааччылаах "Айылҕаана" түмсүү эбээлэрэ ыаллыы сытар Чурапчы улууһугар билсэ, үөрүйэх атастаһа сырыттылар.

Ыам ыйын 28 күнүгэр, улуустааҕы дьахтар сүбэтин салайааччыта Варвара  Будикина уонна Екатерина  Бурнашева салайааччылаах "Айылҕаана" түмсүү эбээлэрэ ыаллыы сытар Чурапчы улууһугар билсэ, үөрүйэх атастаһа сырыттылар.
"Утум" норуот уус-уран оҥоһуктарын үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрсөн, тута ытыс үрдүгэр түһэрэн ылан, хара ааныттан сылаас истиҥ эйгэҕэ киллэрэн кэбистилэр.

Хардарыта билсиһии кэнниттэн, "Утум" иһинэн үлэлиир түмсүүлэр айар эйгэлэрин кэпсээтилэр, айымньыларын көрдөрдүлэр. СӨ  норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Надежда Прокопьевна Ахматова салайар "Силик" төрүт  иис түмсүүтүн иистэнньэҥнэрэ сыралаах, ымпыктаах үлэлэрин түмүгэ - көрүөхтэн кэрэ бууктаах соннору көрөн, сөҕүү-махтайыы үлүскэнэ буолла. Маны сэргэ "Сиэл тойуга" түмсүү салайааччыта СӨ  норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Варвара Гаврильевна Бурнашева ситиини хатыыга хас эмэ сыллаах билиитин, сатабылын үллэһиннэ.
Кэрэни сэргиир, үйэлээҕи үксэтэр дьарыктаах Таатта-Чурапчы далбар хотуттара бу хардарыта үтүө эрэ дьайыылаах көрсүһүүттэн сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, сүбэ-ама ылыннылар, хас биирдиилэрэ туох эрэ саҥаны көрөн, билэн, өссө айарга-тутарга саҥа санаалар үөскээтилэр.