«Дьиэ кэргэн бэстибээлэ» ыытылынна
👨👩👧👦Бүгүн алтынньы 26 күнүгэр «Утум» – Айыы кыһатын дьиэтигэр Чурапчы нэһилиэгин ТОС-рын икки ардыларыгар ыытыллар комплекснай сыллааҕы күрэххэ киирэр «*Дьиэ кэргэн бэстибээлэ*» ыытылынна.
☀️Күрэххэ уопсайа 5 ТОС-тан үстүү дьиэ кэргэн кэлэннэр биирдии жанр көрүҥэр кытыннылар. 👨👩👧👦👵🏻🧓🏻Хас биир нүөмэргэ икки-үс оннооҕор түөрт көлүөнэ уруу аймах дьон кыттыбыттара интириэһи үөскэттэ.
Бэстибээл 3 түһүмэхтэн турда: *вокал, фольклор уонна үҥкүү көрүҥнэрэ.*
🎙️ *Вокал күрэҕэр*:
🥇 миэстэ - Куоҕалыттан Винокуровтар дьиэ кэргэн;🥈 миэстэ - Мурун-Тыымпыйаттан Местниковтар дьиэ кэргэн;
🥉 миэстэ - Спортивнай ТОС-тан Аржаковтар дьиэ кэргэн буоллулар.
🎼*Фольклор түһүмэҕэр*:
🥇 миэстэ – Мурун-Тыымпыйаттан түөрт көлүөнэнэн кыттыбыт Дьячковскайдар;
🥈 миэстэ – Спортивнай ТОСтан түөрт көлүөнэнэн кыттыбыт Калачевтар;
🥉 миэстэ – Куоҕалыттан икки көлүөнэнэн кыттыбыт Портнягиннар буоллулар.
💃🏻🕺🏻Бүтэһиккэ *үҥкүү күрэҕэ* дьон болҕомтотун тарта.
Ол курдук:
🥇 миэстэ – Мурун-Тыымпыйаттан үс көлүөнэнэн үҥкүүлээбит Гороховтар дьиэ кэргэн казахскай үҥкүүнэн дьон сэҥээриитин дохсун ытыс тыаһын ылыар ылла;🥈 миэстэ – Спортивнай ТОСтан үс көлүөнэнэн, тохсуо буолан үҥкүүлэннэр Кузьминнар дьиэ кэргэн маҥан хаарга күн уотун чаҕылыччы таттардылар;
🥉 миэстэ – Куоҕалыттан Красильниковтар дьиэ кэргэн кыттаннар бэрт сэргэх, көрдөөх-нардаах үҥкүүнэн үс көлүөнэнэн үҥкүүлээтилэр.
Дьүүллүүр сүбэ тутатына түһүмэхтэринэн түмүктэри таһаарбыта солуҥ көстүүнэн буолла.
👏🏻👨👩👧👦*Уопсай түмүккэ*:
🥇 миэстэ – «Мурун-Тыымпыйа» ТОС;
🥈 миэстэ – «Куоҕалы» ТОС;
🥉 миэстэ – «Спортивнай» ТОС.
☀️👨👩👧👦Фестиваль бэйэтин сыалын соругун ситтэ, үлэ чааһын бүтүүтэ дьоһун бэртээхэй, түргэн-тарҕан сып курдук сынньалаҥ киэһэтэ буолан ааспытыгар бары тэрийээччилэргэ, кыттыыны ылбыт ТОС олохтоохторугар истиҥник махтанабыт!
«Чурапчы нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата.