Муус устар 24 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр биллэриллибит “Чөл олох” сылын чэрчитинэн “Утум” норуот айымньытын дьиэтигэр "Аһыыр аһым - чэгиэн буолар төрдүм" аһаҕас кэпсэтии тэрээһинэ буолан ааста.
https://vk.com/wall-211884885_516
Муус устар 24 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр биллэриллибит “Чөл олох” сылын чэрчитинэн “Утум” норуот айымньытын дьиэтигэр "Аһыыр аһым - чэгиэн буолар төрдүм" аһаҕас кэпсэтии тэрээһинэ буолан ааста. Манна П.Н. Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа профилактика кабинетын бырааһа Федианна Федоровна Атласова, дьиэ кэргэттэрин туһалаах аһынан хааччыйар, дьикти дьарыктаах хаһаайкаларбыт Екатерина Владимировна Константинова, Розалия Степановна Пономарева, Вероника Егоровна Маркова кэлэн ыалдьыттаатылар.
Федианна Федоровна быраас идэлээх киһи буолан киһи доруобуйата аһыыр аһыттан быһаччы тутулуктааҕын туһунан кэпсээтэ, бэйэ иитэн таһаарбыт, үүннэрбит аһылыгын доруобуйаҕа буортута суоҕун бэлиэтээтэ.
Екатерина Владимировна коза, кролик, индюк, куурусса иитэн дьиэ кэргэнин, оҕолорун сиэннэрин бэйэтэ оҥорон таһаарар продукциятынан аһатан элбэх иҥэмтэлээхбитэмииннэринэн хааччыйарын кэпсээтэ, көрөөччүлэри коза үүтүнэн, творогынан күндүлээтэ.
Розалия Степановна биһиги тымныы дойдубутугар оҕуруот аһын олордон өлгөм үүнүүнү ылары ситиһиэххэ сөптөөх сүбэлэри биэрдэ, оҕуруот аһын хайдах кэнсиэрбэлээн хаһаанарын кэпсээтэ, бэйэтэ кэнсиэрбэлээбит минньигэс салаатын, аджикатын амсатта уонна үлэлээн кэлэн баран сып курдук минньигэс доруобуйаҕа туһалаах салааты астыыры көрдөрдө.
Эдэр ийэ Вероника Егоровна биир туһунан дьикти дьарыктаах киһи, кини төрөөбүт дойдутун алаастарыгар үүнэр эмтээх оттору хомуйан иҥэмтэлээх чэй арааһын оҥорор, аска тума оҥостор. Бу дьикти дьарыгар кини баҕалаах дьону батыһыннара сылдьан от хомуйарга үөрэтэр үтүө үгэстээх эбит. Вероника ыалдьыттарга анаан дьэдьэн сэбирдэхтээх бирээнньик астаан, араас оттон оҥоһуллубут чэйин аҕалан амсатта.
Күнү көрөөччүлэр биһиги нэһилиэкпитигэр маннык сатабыллаах далбар хотуттар баалларын сэргээтилэр, сөхтүлэр.
Бу тэрээһиҥҥэ ыҥырыыбытын быһа гыммакка кэлэн кыттыыны ылбыт нэһилиэкпит кэрэ аҥардарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.