Чакырга ийэ күнэ

Алтынньы 19 күнүгэр Утум иһинэн үлэлиир ДПИ куруһуоктарын кыттыылаахтара Чакыр нэһилиэгэр ийэ күнүн тэрээһинигэр кыттан кэллилэр. Куруһуоктар үлэлэрин выставкатын туруоран олохтоох нэһилиэнньэҕэ көрдөрөн дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыллар. Куруһуок салайааччылара Бурнашева Варвара Гаврильевна, Слепцова Надежда Владимировна, Ахматова Надежда Прокопьевна, Никифоров Олег Семенович бэйэлэрин куруһуоктарын үлэтин туһунан кэлбит ыалдьыттарга сиһилии кэпсэтиилэр. Салгыы "Силик" төрүт иис мастерскойа коллекцияларын үрдүк сыанаҕа тахсан киһи эрэ кэрэхсиир, сөҕөр үлэлэринэн бырааһынньыктааҕы киэһэни киэргэттилэр. Салайааччы Надежда Прокопьевна бэйэтин научнай үлэтин туһунан кэпсээн сахалыы төрүт иискэ нэһилиэк далбар хотуттарын төрүт иискэ ыҥырда, угуйда. Олег Семенович "Сиэдэрэй симэх" куруһуок салайааччыта ытарҕа оҥоруутугар маастар-кылаас ыытан кэлбит кэрэ аҥардар бэйэлэригэр бэлэх оҥостон үөрэн-көтөн тарҕастылар.

«Өрөгөй» киинэ премьерата

Алтынньы 18 күнүгэр И.И. Кандинскай аатынан «Айыллаан» киинэ тыйаатырыгар Саха тустууктарын Монреаллааҕы Олимпиадаҕа чыпчаалларын туһунан «Өрөгөй» киинэ премьерата буолан ааста.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар: "Чурапчы улууһа” муниципальнай оройуон баһылыга Степан Анатольевич САРГЫДАЕВ, Триумф киинэ режиссера Михаил Григорьевич ЛУКАЧЕВСКАЙ, “Сахафильм” хампаанньа дириэктэрэ Алексей Алексеевич ЕГОРОВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Улуу тренер Дмитрий Коркин оруолун толорооччу Иннокентий Егорович ЛУКОВЦЕВ кэлэн ыалдьыттаатылар. 



«Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ»

С. А. Зверев-Кыыл Уола  аатынан Үҥкүү тыйаатыра Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Республикаҕа оҕо, Чурапчы улууһугар "Ыал саргыта" сылларыгар анаан Чурапчы олохтоохторугар алтынньы 11 күнүгэр үҥкүү куттаах дьиэ кэргэн Саскылана, Эдуард Жирковтар «Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ» айар киэһэлэрэ буолан ааста. И.И.Кандинскай аатынан "Айыллаан" култуура киинин иһинэн үлэлиир «Дьиэрэҥкэй» оҕо үҥкүү народнай ансаамбыла бу үөрүүлээх киэһэҕэ кыттыыны ыллылар.

Мастерская талантов.

Алтынньы 11 күнүгэр Одьулуун нэһилиэгэр Т.Г. Тоскин аатынан "Сайдыс" Норуот айымньытын дьиэтигэр "Мастерская талантов" диэн "Сайдыс" НАДь иһинэн үлэлиир общественнай түмсүүлэри уонна куруһуоктары хаҥатар сыаллаах тэрээһин буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ И.И.Кандинскай аатынан "Айыллаан" култуура киинин иһинэн үлэлиир "Утум" норуот уус-уран айымньытын дьиэтин куруһуоктара үлэлэрин сырдатан быыстапкаҕа кыттыыны ыллылар уонна билиилэрин үллэһиннилэр. Саха төрүт таҥаһын көрүүгэ бэйэлэрин тикпит таҥастарынан көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. 





Оһуохайы таһаарааччылар уонна сэҥээрээччилэр бастакы түмсүүлэрэ

Чурапчыга "Арчы" дьиэтигэр Оһуохайы таһаарааччылар уонна сэҥээрээччилэр бастакы түмсүүлэрэ буолан ааста. Тэрээһин үгэс быһыытынан алгыһынан саҕаланна. Оһуохайы  Ил Дархан истипиэндьийэтин хаһаайына Семен Морфунов толордо. Бу түмсүү сүрүн сыалынан: саха төрүт үҥкүүтүн - оһуохайы харыстыырга сөптөөх үлэни тэрийии, киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы, оһуохай суолтатын кэлэр кэнчээри ыччакка тиэрдии буолар. Дьон-сэргэ баҕатынан олоҥхону сэҥээрээччилэргэ анаан чэппиэр ахсын күнүс 2 чаастан «Арчы» дьиэтигэр араас хабааннаах, уорэтэр сыаллаах тэрээһиннэр ыытыллыах буоллулар. Онон ким баҕалаах кэлиҥ сылдьыҥ диэн ыҥыраллар. 

Түмсүөҕүн дуу бу киэһээ...

Алтынньы 9 күнүгэр Чурапчы улууһугар Аҕам саастаах дьон декадатын чэрчитинэн «Утум» дьиэтин, И.И. Кандинскай аатынан «Айыллаан» култуура киинин иhинэн ыытыллар куруһуоктар аҕам саастаах кыттааччыларыгар анаммыт бырааһынньыктааҕы *«Түмсүөҕүн дуу бу киэһээ...»* 🍂🎶🎤🎹🎭тэрээһин буолан ааста. Бу биэчэргэ куруһуок кыттааччылара күлэн-үөрэн, дуоһуйа сынньанан, санааларын үллэстэн махталлара улахан. Сүүйүүлээх бириистэр, ырыа-тойук, көрдөөх оонньуулар уонна үҥкүү-битии бу киэһээни киэргэттилэр.

«Күһүҥҥү дьүрүскэн» Чурапчы улууһун мелодистарын түмсүүтүн айар киэһэтэ буолан ааста.

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Иван Иванович Кандинскай аатынан «Айыллаан» култуура киинигэр «Күһүҥҥү дьүрүскэн» 🍁🍂🎶🎤диэн Чурапчы улууһун мелодистарын түмсүүтүн айар киэһэтэ буолан ааста. Күн бастакы аҥарыгар - төгүрүк остуол, манна ыраахтан-чугастан кэлбит мелодистар ирэ-хоро кэпсэттилэр, бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, Чурапчы улууһугар бу сүүрээни сайыннарар туһугар үлэлэһэргэ туруннулар.
Киэһээҥҥи өттүгэр уопсайа 17 мелодист истиҥ кэнсиэри бэлэхтээтэ. Дьон-сэргэ сөбүлээн истэр ырыаларын дуоһуйа иһиттэ, баян, гитара доҕуһуола сааланы толордо,  ыра чаҕаан куоластар биэчэри киэргэттилэр.