Одун Хаан Айыыга сүгүрүйэн

Олунньу 14 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин “Арчы дьиэтигэр” Одун хаан ыйын сиэрин-туомун толорон “Саһарҕа” итэҕэл түмсүүтэ нэһилиэнньэҕэ анаан сүрү күүһүрдэр алгыс түһэрдилэр. Алгыһы алгысчыт Светлана Егоровна Ксенофонтова – Илгэйэ толордо. Түмсүү кыттыылаахтара Анисия Иннокентьевна Беляева - Дьэрэлийэ, Зоя Ксенофонтовна Мохначевская - Туойука Толбонноох алгыска тиксэ кэлбит дьону, чараас эйгэлэрин ыраастаан көрүстүлэр, алгыс тылын  ис күүһүн чиҥэтэн хомоҕой хомус тыаһынан доҕуһуоллаатылар. Ыйдааҕы сиэр-туом толору оҥоһуллубутун кэннэ ыалдьыттары алгыстаах алаадьынан, арыылаах саламаатынан, уохтаах быыппаҕынан айах тутан күндүлээтибит. Тэрээһин ийэ тыл ыйыгар анан ыҥырыылаах ыалдьыппыт Николай Романович Дьячковскай олоҥхоттон быһа тардан толорон дьон сэҥээриитин ылла. Бу күҥҥэ анаммыт дьаһалбыт төрүт дорҕоон алыптаах оһуохайынан түмүктэннэ. Оһуохайы Чурапчы улууһун биир бастыҥ оһуохайдьыта, Семен Семенович Морфунов таһаарда. “Саһарга” түмсүү ый ахсын “Арчы дьиэтигэр” ый сиэрин-туомун толорон нэһилиэнньэҕэ анаан алгыс көтөҕөр.