Кулун тутар 3️⃣0️⃣ күнүгэр, Чурапчы Эбэтигэр *"УРУЙДУУБУТ САНДАЛ СААҺЫ"* кыһыны атаарар норуот күүлэйигэр ыҥырабыт!!!
🎥 *РЕПЕРТУАР* с «28» марта по «03» апреля 2024г🎥
*11:00- «Хапсыhыы»* (драма) 6+ Прод-ть 100мин. (250 руб)
*12:40- «Летучий корабль »* (сказка ) 6+ Прод-ть 100мин. (250 руб)
*14:30- «Абааhылаах хаус»*(ужас) 18+Прод-сть 110мин. (250руб.)
*16:30-«Летучий корабль »* (сказка ) 6+ Прод-ть 100мин. (250 руб)
*18:20- «Абааhылаах хаус»*(ужас) 18+ Прод-сть 110мин. (250руб.)
📌 *Бронь автоматически снимается за 20 минут до сеанса.*
🔖 *у нас есть возможность купить билеты в кино онлайн т.е. не выходя из дома, так же можно купить билеты по ПК* 💳 *по ссылке* 👇
https://ayllaan.ru
КАССА 📞: *89841071998*
Обязательным условием для показа последнего киносеанса, является наличие не менее 4 купленных билетов
Дискотека Саас Party
Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторун уонна ыалдьыттарын «Сиэдэрэй симэх» ювелирнай куруһуокка ыҥырабыт!
Ювелирнай идэҕэ бэйэтин холонон көрүөн, дьоҕурун сайыннарыан баҕалаах киһи Олег Семеновичка бэйэтигэр быһа тахсан билсэн дьарыктана кэлиэн сөп. Билсэр нүөмэргит 8 (914) 280-82-35.
Николай Андросов айар киэhэтигэр ыҥырабыт!
ПОЛОЖЕНИЕ улусной олимпиады по вязанию «Вяжем уют и тепло»
Об улусной олимпиаде по вязанию
🧶 *«Вяжем уют и тепло»* 🧶
🧶*1. ОБЩЕЕ ПОЛОЖЕНИЕ*
*1.1* Настоящее Положение регламентирует порядок проведения улусной олимпиады по вязанию (далее именуется - олимпиада), условия участия в олимпиаде, критерии оценки работ конкурсантов, состав участников, порядок награждения.
*1.2* Организатором конкурса является дом ремесел «Утум» при поддержке Муниципального бюджетного учреждения «Культурный Центр «Айыллаан» МО «Чурапчинский наслег»
*1.3* Дата, время место проведения олимпиады: 13 марта 2024г. 11:00ч. с. Чурапча, ул. Октябрьская, 17, дом ремесел «Утум»
🧶 *2. ОСНОВНЫЕ ЦЕЛИ И ЗАДАЧИ.*
*2.1* Цель конкурса - пропаганда искусства вязания.
*2.2* Задачи:
- выявление и поддержка одаренных мастеров, сохранивших народные традиции данного ремесла.
- привлечение детей и молодежи к народным промыслам, развитие их творческого потенциала.
🧶 *3. УЧАСТНИКИ ОЛИМПИАДЫ.*
*3.1* К участию в олимпиаде допускаются команды из населенных пунктов Чурапчинского улуса в составе 2 человек занимающиеся вязанием независимо от возраста и места работы.
*3.2* Заявки на участие в олимпиаде принимаются с 1 по 11 марта 2024г. по электронной почте
*3.3* Олимпиада проводится в 3 тура:
I тур: Домашнее задание:
Участники олимпиады передают за 3 дня до олимпиады по 2 готовых изделия с описанием (этикетаж) для выставки конкурсантов. Данные в описании: название работы, год создания, техника, материал, ФИО, место жительства
II тур: Интеллектуальный:
Команда письменно отвечает на заранее подготовленные вопросы касающиеся ручному вязанию.
III тур: Практический:
Команда составляет 2 схемы рисунка узора вязания крючком и спицами. Готовую схему команда вяжет на месте, рисунок узора выполняется в одной цветовой гамме.
IV тур: поделись с опытом:
Команда учит одного ребенка ручному вязанию спицами. Детей желающих научиться вязанию предоставляет организатор.
🧶 *4. КРИТЕРИИ ОЦЕНКИ.*
*4.1* При оценке работ будет учитываться:
I тур:
- технический уровень исполнения изделия,
- цветовое решение композиции,
- использование разных техник и приемов рукоделия,
- нетрадиционное применение известных материалов,
- оригинальность и фантазия автора.
II тур:
- в тестовом туре оценивается правильный ответ 1 балл,
- наивысший балл 15,
III тур:
- Читаемость схемы,
- качество вязания,
- сложность узора.
IV тур:
- Доходчивость обучения,
- качество вязания ребенка,
- разновидность метода вязания.
🧶 *5. ПОДВЕДЕНИЕ ИТОГОВ И НАГРАЖДЕНИЕ ПОБЕДИТЕЛЕЙ.*
*5.1* По итогам олимпиады учреждаются I, II, III места и специальные призы.
*5.2* Решение жюри окончательное и не оспаривается. Победителям олимпиады вручаются именные дипломы и ценные призы.
*5.3* Дополнительную информацию можно получить по, 8 (964) 076 28 58.
*PS:* Расходы на проезд и питание за счет участников. Обед будет продаваться на месте проведения олимпиады.
Олунньу ый 28 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр «Айыллаан» култуура киинигэр биир бэлиэ күн буолла.
Олунньу ый 28 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр «Айыллаан» култуура киинигэр биир бэлиэ күн буолла. Ахсынньы ый 6 күнүгэр 2023 сыллаахха онус уочарата суох нэһилиэк дьокутааттарын бэһис ыҥырыылаах сессиятын 59 нүөмэрдээх быһаарыытынан «Айыллаан» култуура киинигэр Иван Иванович Кандинскай аата иҥэриллибитин үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.
Иван Иванович Кандинскай 1969-73 сс Чурапчы народнай театрын төрүттээбитэ уонна режиссерунан үлэлээбитэ. Кини көҕулээһининэн тыйаатырга 1970 сылаахха биир дойдулаахпыт РСФСР уонна Саха АССР народнай артыыһа Петр Михайлович Решетников аата иҥэриллибитэ. 1973 сылтан үлэhиттэр депутаттарын Чурапчы оройуонунааҕы Советын культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Иван Иванович Кандинскай үлэлиир кэмигэр Чурапчы култуурата сайдарыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит туруу үлэһит киһи буолар. Ол курдук кини көҕүлээһининэн Дириҥҥэ народной театр, оҕо музыкальнай оскуолата аhыллыбыта.
Чурапчы остуоруйатыгар киирэр тэрээһин бэлиэ суругу Чурапчы нэһилиэгин баһылыга В.Д. Сивцев, Чурапчы нэһилиэгин депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ В.В. Гуляев, Култуура киин директора С.В. Титова уонна ССРС культуратын туйгуна, Россия культуратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ суруналыыстарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) А.П.Илларионов аатынан Журналистскай бириэмийэтин лауреата, Чурапчы улууһун, Хайахсыт нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо М.А. Герасимова арыйыыларыттан саҕаланна. Нэһилиэкпит баһылыга Владимир Дмитриевич Сивцев кэлбит ыалдьыттарга эҕэрдэ тылын эттэ, «Айыллаан» култуура киинэ инники үлэтэ-хамнаһа, тэрийэр тэрээһиннэрэ өссө үрдүк таһаарыылаах буолалларыгар баҕаран туран дириэктэргэ Снежана Васильевна Титоваҕа, эҕэрдэ суругун кытта сертификат туттарда.
Салгыы Иван Иванович Кандинскайга аналлаах «Дууһатын сылааһа-бар дьонугар» диэн ахтыы-кэнсиэрэ ыытылынна. Кэнсиэри ССРС култууратын туйгуна, Саха ААСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун уонна нэһилиэгин, бочуоттаах олохтооҕо, Чурапчы улууһун сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэ толору кавалера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ Надежда Михайловна Заболоцкая иилээн-саҕалаан ыытта. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Иван Иванович оҕолоро, сиэннэрэ, аймах-билэ дьоно, бииргэ үлээлээбит уонна алтыспыт култуура үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ, доҕотторо-астастара Василий Дьячковскай, Мария уонна Валерий Герасимовтар, Дмитрий Попов, Петр Гуляев, Иван Бушков, Юрий Толстоухов, Тарас Тарасов, Аграфена Кузьмина, Семен Никитин, Алаҕар нэһилиэгин эр «Иэйии» народнай хорун солистара ахтан санаан, кини сырдык аата «Айыллаан» култуура киинигэр иҥэриллибитэ оруннааҕын бэлиэтээн, махтал тылларын эттилэр.
Бу киэһэ Иван Иванович Кандинскай оҕолоро уонна аймахтара «Айыллаан» култуура киинигэр анаан аҕаларын мэтириэтин бэлэх ууннулар. Дьоро киэһэни Иван Иванович салайар кэмигэр үлэлээбит, үлэҕэ үөрэппит махталлаах үөрэнээччилэрэ уонна билиҥҥи кэм Чурапчы улууһун уус-уран самодеятельноһын кыттыылаахтара уонна «Айыллаан» ыччаттара ырыанан –тойугунан киэргэттилэр.
"Биллэр ырыалар, биллибэт ааптардара" ырыа дьоро түһүлгэтигэр ыҥырабыт!
Күндү Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторо, ыалдьыттара!* Кулун тутар 1 күнүгэр И.И.Кандинскай аатынан "Айыллаан" Култуура киинигэр "Биллэр ырыалар, биллибэт ааптардара" ырыа дьоро түһүлгэтигэр ыҥырабыт! 🎤🎶 Улууспут айар куттаах ааптардарын, мелодистарын ырыаларын толоруохтара: Анастасия Готовцева, Варя Аманатова, Валерий Корякин, Любовь Монгуш, Данил Пестряков, Анна Исакова, Иван Егоров, Жанна Шеломова, Петр Дьяконов, "Өркөн" ансаамбыл, Сандаара Карпова, Женя Иванов.
Биэчэри иилээн саҕалаан ыытыаҕа: Дмитрий Попов📋🎤
🕐Саҕаланар: 1️⃣7️⃣ч0️⃣0️⃣м.
🎫 Киирии билиэт 5️⃣0️⃣0️⃣ солк.
Билиэттэр «Айыллаан» кассатыгар уонна сайтан нөҥүө атыылаһын 👇🏻
https://widget.p24.app/9d1ffc68-0c2c-4e4f-a946-a11a11dc6255/cinema/activity/b3470813-2c98-407c-bb1f-d49a85df40d1/event/70f979f0-a13f-4131-949f-934271cb69fc?place=ca6a954e-e005-46c1-86ec-7902f3b9a221