«Күһүҥҥү дьүрүскэн» Чурапчы улууһун мелодистарын түмсүүтүн айар киэһэтэ буолан ааста.
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Иван Иванович Кандинскай аатынан «Айыллаан» култуура киинигэр «Күһүҥҥү дьүрүскэн» 🍁🍂🎶🎤диэн Чурапчы улууһун мелодистарын түмсүүтүн айар киэһэтэ буолан ааста. Күн бастакы аҥарыгар - төгүрүк остуол, манна ыраахтан-чугастан кэлбит мелодистар ирэ-хоро кэпсэттилэр, бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, Чурапчы улууһугар бу сүүрээни сайыннарар туһугар үлэлэһэргэ туруннулар.
Киэһээҥҥи өттүгэр уопсайа 17 мелодист истиҥ кэнсиэри бэлэхтээтэ. Дьон-сэргэ сөбүлээн истэр ырыаларын дуоһуйа иһиттэ, баян, гитара доҕуһуола сааланы толордо, ыра чаҕаан куоластар биэчэри киэргэттилэр.
Киэһээҥҥи өттүгэр уопсайа 17 мелодист истиҥ кэнсиэри бэлэхтээтэ. Дьон-сэргэ сөбүлээн истэр ырыаларын дуоһуйа иһиттэ, баян, гитара доҕуһуола сааланы толордо, ыра чаҕаан куоластар биэчэри киэргэттилэр.