Алтынньы 1 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин "Арчы дьиэтигэр" аҕам саастаах дьон күнүгэр аналлаах декада чэрчитинэн алгыс сиэрэ-туома ыытыллынна. Манна мустубут ыалдьыттарбытыгар Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Васильевна Макарова уонна Чурапчы улууһун ветераннарын сэбиэтин салайааччыта МатренаНиколаевна Матвеева эҕэрдэ тылларын эттилэр. Алгыс сиэрин Мария Петровна Божедонова толорон, ытык дьоммут алгыска тиксэн күүстэригэр күүс эбинэн, санааларын бөҕөргөтөн астынан тарҕастылар. Салгыы Е. А. Борисов аатынан библиотекаҕа атын тэрээһиҥҥэ таҕыстылар. Алтынньы ый 10 күнүгэр диэри аҕам саастаах ытык дьоммутугар араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара.








