"БАЛАҔАН ЫЙЫНААҔЫ СИЭР - ТУОМ ТОЛОРУЛЛАН СИЭРИН СИТТЭ."
Балаҕан ыйа сахаларга Улуу Суорун ыйынан ааттанар. Бу ый күһүн саҕаламмытын бэлиэтиир – аата да этэринии, саха дьоно сайылыктан көһөн кыстыыр балаҕаннарыгар киирэр кэмнэрэ буолар. Өбүгэлэрбит балаҕан ыйыгар түбүктэрэ дьэ саҕаланара: хотон сыбаҕын быраҕыы, оттук маһы бэлэмнээһин. Бу кэмҥэ кинилэр кэлэр кыһын хайдах буолуоҕун уонна эһиилги дьылы ардах төһө түһэринэн, айылҕа уларыйыытынан кэтээн көрөллөрө, сылыктыыллара.
Идэни биэрээччи, дьоҕуру арыйааччы Улуу Суорун уотун уматар түһүлгэ "Арчы дьиэтигэр" тэриллиннэ.
Идэни биэрээччи, дьоҕуру арыйааччы Улуу Суорун уотун уматар түһүлгэ "Арчы дьиэтигэр" тэриллиннэ.
